Эн
үлэҥ
түмүгэ –
Норуоппут
дьылҕата,
Үйэттэн
үйэҕэ
Дойдубут
сайдыыта.
Лина Полякова
Учуутал идэтэ уустук, ол эрэн,
бочуоттаах, улахан махталлаах. Учууталга уерэммиттэрэ кырдьа5астар, эдэрдэр, уерэнэллэр
сарсынны кэнчээрилэр.
Кунду учууталларбытын идэлээх
куццутунэн итиитик-истицник э5эрдэлиибит! Куруук эдэрдии эрчимнээх, үөрэ –
көтө, ыалдьыбакка, кырдьыбакка сылдьаргытыгар ба5арабыт уонна улахан
махталбытын тиэрдэбит.
Учууталларбытын кэлэн иьэр
идэлээх куннэринэн э5эрдэлээн туран а5ыйах ыйытыыга хорйдуулларыгар
кердестубут.
1. То5о
учуутал идэтин талбыккыный?
2.
Бастакы уруогуц туьунан туох
ейдебуллээххин?
3.
Улэц таьынан тугунан себулээн
дьарыктана5ын?
4.
Биир идэлээхтэргэр ба5а санаац.
Иванова Мария Сергеевна:
1. Кыра
эрдэхпиттэн учуутал буолуохпун ба5арабын, алын кылааска сырыттахпына «Мин
инники идэм» диэн уруьуйга учууталы уруьуйдаабыппын ейдуубун. Уруккаттан омук
тылын интэриэьиргиибин, ол иьин омук тылын учуутала буолбутум.
2.
Бастакы уруокпар наьаа бэлэмнэммитим,
эдэр буолан кыбыстыбытым, ол да буоллар бэлэмнээх буолан учугэйдик ааспыта.
3.
Улэм таьынан баайабын, о5олорбун
кытта дьарыктанабын, уерэтэбин. О5олорбун кытта ойуурга тахсан гербарий
хомуйабын, балыктыыбын
4. Мин
биир идэлээхтэрим бары учугэй уерэнээччилэнниннэр, дьиэ5э улэлэрин оцордуннар,
мэниктээбэтиннэр.
Пономарева
Вероника Александровна:
1. Мин
бастакы учууталым Наталья Ионовна Дмитриева наьаа учугэй учуутал этэ. Олус
кыраьыабай, элбэх билиини биэрээччи.
Кини курдук буолуохпун ба5араран учуутал идэтин талбытым.
2.
Училище5а уерэнэр кэмммэр Татьяна
Ильинична методистаабыта, олус
ирдэбиллээ5э. Уруокпутугар са5аланыа5ыттан бутуер диэри сурдээ5ин
дьарыктыыр, бэлэмниир этэ. Ол иьин
бастакы уруокпар туох баар нагляднайдарбын оцостон, бэлэмнэнэн тиийбитим. Уруокпар наьаа
долгуйбутум, учугэйдик ааспыта.
3.
Улэм таьынан элбэх о5олоох ийэ
буоларым быьыытынан кинилэри кытта дьарыктанабын, ас астыыбын, вышивкалыыбын,
баайабын.
4. Куруутун
уерэххэ-билиигэ тардыьар уерэнээччилэрдээх буоллуннар, ыалдьыбатыннар, улэлэригэр
урдук ситиьиини.
Павлова Дария
Константиновна:
1. Оскуола
кэннэ Булуутээ5и педагогическай училище5а уерэнэн учуутал идэтин баьылаабытым.
2.
Бастакы уруогум учугэйдик
ааспыта. Наьаа долгуйбуппун ейдуубун.
3.
Улэм таьынан о5олорбун керебун,
атын бириэмэм суох курдук.
4. Урдуктэн
урдук ситиьиини, таьаарыылаах улэни, олохторугар дьоллоох буоллуннар.
Кэпсэттилэр
Винокуров Павлик, Ефремов Вася, Иванова Туяра, Николаев Ринат, Иннокентьева
Вика, Г.С.Донской аатынан Булуутээ5и орто оскуола 4 «в» уерэнээччилэрэ, пресс-центр
юнкордара, салайааччы Алена Тимофеева
|